Рекламный баннер 990x90px top
ВалютаДатазнач.изм.
USD 22.01 99.93 -2.0297
EUR 22.01 103.29 -1.7601
Архив номеров

Маалыкайдааҕы оҕо искусство оскуолатын 50 сыллаах үбүлүөйэ

18:20 11.12.2024 16+
Маалыкайдааҕы оҕо искусство оскуолатын 50 сыллаах үбүлүөйэ.

Кэрэ эйгэ оскуолата өр сыллар устата таһаарыылаахтык үлэлээн элбэх оҕоҕо искусство кэрэ эйгэтин аспыт, нэһилиэк, оройуон, өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьонун иитэн таһаарбыт дириҥ силистээх-мутуктаах оскуола буолар.

Хас биирдии оскуола бэйэтэ туспа историялаах, сайдар суоллаах...Ол курдук национальнай архыып Култуура министиэристибэтин 1974 сыл олунньу 15 күнүнээӄи холбоҺуктаах коллегия уурааӄынан оӄо мусукаалынай оскуолаларын аҺар туһунан боппуруос кѳрүллүбүт түмүгэр Тѳңүлүгэ (Мэңэ-Хаңалас), Томторго (Ѳймѳкѳѳн), Элгээйигэ (Сунтаар), Маалыкай (Ньурба) уонна Дьокуускай куоракка оӄо мусукаалынай оскуолаларын аһар туһунан уураахха миниистир Д.Д.Климентов илии баттаабыт.

Бу уурааӄы олоххо киллэрэр соругу оройуон култууратын салаатын салайааччыта Бочуот бэлиэтинэн уордьаннах РСФСР култууратын Бочуоттаах улэһитэ Ксенофонт Дмитриевич Уткин толорбута, ону сэргэ Бордон нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Аммосов Иван Егорович, Степан Васильев аатынан совхоз директора Евсеев Иван Васильевич уонна ол идеяны өйөөн олоххо киллэрсибит оскуола директора Анисимов Иван Саввич муусуканнан, ускуустубаннан оҕону, ыччаты иитии модун күүһүгэр итэҕэйии кѳмѳтүнэн ити сыл Маалыкайга мусукаалынай оскуола аһыллыбыта.

Бастакы директорынан Анатолий Николаевич Семенов 1974с ананан кэлбитэ. Анатолий Николаевич кэлэр кэми кэрэһэлээн, дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо муускука эйгэтэ духовно-нравственнай иитиигэ олук буоларын өтө-көрөн эҥкилэ суох үлэни тэрийэн үйэлээх суолу тэлбитэ.

Ол курдук, 2024 сыл ахсынньы ый 6 күнүгэр “Маалыкайдааҕы оҕо искусство оскуолата» айымньылаах айар аартыгын арыйан үгүс кэнчээри ыччаты Кэрэҕэ уһуйан үлэлээбитэ 50 сылын бэлиэтиир Өрөгөйдөөх үбүлүөйэ үрдүк таһаарыылаахтык буолан ааста.

Ыраахтан чугастан ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттарбытын, ытык-мааны ветераннарбытын, үлэлэлээн ааспыт үтүө дьоннорбутун, ахтылҕаннаах выпускниктарбытын «Айар Киин» норуот айымньытын дьиэтигэр сиэри тутуһаммыт арыылаах алаадьылаах, итии чэйдээх, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүүлээх, сэмэй бэлэхтээх көрсүбүппүт. Ахтылҕаннаах, истиҥ көрсүһүү кэнниттэн салгыы ытыктабыл бэлиэтин туһаайан музыкальнай оскуола айымньылаах үлэтин саҕалаабыт сирдэринэн, үлэлээн ааспыт дьиэлэринэн сылдьан санаан-ахтан, Маалыкай кэрэ бэлиэ миэстэлэрин көрөн-истэн, аастыбыт.

Салгыы Кэрэ эйгэ оскуолатыгар кэлэн ыалдьыттары кырачаан Иэйии кыырпахтара үҥкүүнэн көрсөн биир ситим Искусство эйгэтигэр киллэрэн, оскуола үлэлиир хайысхаларын кытта билсэн, аһаҕас дьарыктарга, мастер-кылаастарга сылдьан астыннылар, ону сэргэ художественнай салаа үһүс кылаас үөрэнээччитэ Ушканова Нарыйаана “Мелодия акварели” маҥнайгы персональнай выставката сүрэхтэнэн элбэх биһирэбили, сэҥээриини ылла.

Степан Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл саалатыгар дьоллоох дьоро түгэн дьоһун түһүлгэтин төрүттэһэ кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт- Ньурбатааҕы культуура департаменын салайааччытын солбуйааччыта Нь.В. Николаева, Ньурбатааҕы оҕо искусство оскуолатыттан- директор И.Н. Николаев, үөрэх салаатын директоры солбуйааччыта Т.П. Черепанова, биһиэхэ үлэлээн ааспыт убаастабыллаах Е.Р.Евсеева, тэрилтэ салайааччылара, общественность кыттыылаахтара, ветераннарбыт, үлэлээн ааспыт дьоннорбут, выпускниктар, төрөппүттэр кыттыылаах “Киэҥ эйгэ аартыгынан кэрэни тиһэн...” кинигэ сүрэхтэниитин буолан ааста.

Өрөгөйдөөх бэлиэ күммүт дьоро киэһэтэ үрдүк наҕараада туттарыы долгутуулаах түгэнин саҕаланна. Ол курдук, өр сыллаах айымньылаах үлэтин үтүө түмүгүнэн: Арассыыйатааҕы фольклорнай түмсүү «За воспитание, просвещение и наставничество» мэтээлинэн наҕараадаланнылар ветераннарбыт- Саввинова Л.И., Васильева М.С., Тихонова М.Н., «За заслуги в культуре и искусстве» мэтээлинэн Анемподистова Л.А., үлэлии сылдьар учууталларбыт- Типянова А.Т., Иванова Т.Н, Новгородова Т.М.,Ввасильева П.М., СӨ култууратын туйгуна үрдүк аат иҥэрилиннэ үҥкүү салаатын үрдүк категориялаах учууталыгар, «Сыккыс» ырыа-үҥкүү норуодунай ансаамбылын уус-уран салайааччытыгар Васильева Пелагея Михайловнаҕа, фольлор салаатын үрдүк категориялаах учууталыгар «Сардаҥа Саһарҕалара» оҕо норуодунай фольклорнай ансаамбылын уус-уран салайааччытыгар Саввинова Людмила Николаевнаҕа, «СӨ норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ аат иҥэрилиннэ фольлор салаатын үрдүк категориялаах учууталыгар «Сардаҥа Саһарҕалара» оҕо норуодунай фольклорнай ансаамбылын уус-уран салайааччытыгар Новгородова Таисия Мартыновнаҕа, СӨ Ытык Сүбэ үрдүк аат иҥэрилиннэ ветераннарбытыгар Рожина А.Е., Сидорова М.И., “Ньурба оройуонун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ аат иҥэрилиннэ үҥкүү салаатын үрдүк категориялаах учууталыгар, «Оҕо Саас» оҕо үҥкүү кэлэктиибин уус-уран салайааччытыгар Иванова Туйара Николаевнаҕа, «Ньурба оройуонун култууратын бочуоттаах ветерана” бэлиэнэн наҕараадаланнылар- Саввинова Л.И., Васильева М.С., Тихонова М.Н. уонна бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар оскуола үлэһиттэрэ бочуотунай, махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.

Долгуйуу уонна үөрүү долгунугар уйдаран салҕыы Бордоҥ нэһилиэгин мааны сыһыытыгар, кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт кэскиллэрин түстүүр, сатабылларын сайыннарар, талба талааннарын арыйар “Маалыкайдааҕы оҕо искусство оскуолата» үбүлүөйдээх кэнсиэригэр, үс көлүөнэ- иитиллээччилэр, ветераннар, выпускниктар, ыалдьыттар уонна коллектив дьикти иэйиигэ куустаран, биир ситим эйгэҕэ силбэһэн талаан тыллар туонатыгар ырыа-тойук, үҥкүү-битии, музыка кэрэ дорҕоонун бар дьонугар утары уунна. Бу дьоһун түгэни үйэлэргэ үйэтитэн күргүөмүнэн хаартыскаҕа түһүү буолла. Өрөгөй талаан үрдээтэ, саргы-дьаалы салалынна.

Түгэнинэн туһанан махтал үрдүк тылларын аныыбыт үбүлүөйбүтүн тэрийэргэ күүс-көмө, өйөбүл, тирэх буолбут салалтабытыгар, нэһилиэк тэрилтэлэригэр, убаастабыллаах төрөппүттэрбитигэр уонна айа-тута сылдьар коллективка.

29

Оставить сообщение:

Рекламный баннер 300x250px rightblock
Рекламный баннер 990x90px bottom