Ахсынньы 16 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Ньурба улууһугар олохтоох салайыныы тирээн турар боппуруостара" тиэмэҕэ мунньах ыытылынна.
Мунньахха Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта-бүддьүөт, үп, нолуок уонна сыана бэлиитикэтин, бас билии уонна приватизация сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта-судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, Ньурба улууһун Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайлова, Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.
Мунньах кыттыылаахтара «Аһаҕас былаас биир кэлим тиһигэр олохтоох салайыныыны тэрйии уопсай төрүттэрин туһунан» сокуон барылын дьүүллэстилэр. Олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев дакылаатыгар бу сокуон барылын нэһилиэнньэҕэ сөпкө тиэрдиэх тустаахпыт диэн бэлиэтээтэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатын олохтоох салайыныы боппуруостарыгар Департаменын салайааччытын солбуйааччыта Афанасий Старостин дакылаат оҥордо.
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үбүлээһин саҥа механизмнарын туһунан сырдатта. Ньурба улууһугар быйыл 386,6 мөл.солк. көрүллэр эбит буоллаҕына, кэлэр сылтан үбүлээһин улаатан, 423 мөл.солк. тиийиэ. Бу 10,8% үрдүк.
Салгыы Алексей Иннокентьев 2027 сылга ыытыллыахтаах 9-с Спортивнай оонньуулары көрсө улууска бара турар бэлэмнэнии үлэтин хаамыытын билиһиннэрдэ.
Ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа, спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Георгий Балакшин иһитиннэрии оҥордо. Сүлэ спортивнай саалатын тутуутугар үбүлээһин биллибэккэ турар, атын тутуу үбүлээһинэ барыта быһаарыллан турар диэтэ.
Сүлэ нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Иванов спортивнай саала тутуутун боппуруоһун хамсаталларыгар көрдөстө. Манна СӨ тутуу миниистирин солбуйааччыта Иван Елисеев саала буолбакка, модульнай тутуу быһыытынан сайаапка ыыталларыгар сүбэлээтэ.
Маны таһынан нэһилиэк баһылыктара саҥа балыыһа, Октябрьскай нэһилиэккэ "Ромашка" уһуйаан тутуутун, Дьөҥкүүдэ эбэҕэ ууну түһэрии, мелиорация, газгольдерга чэпчэтии, СВО боппуруостарын туруорустулар.
Күндээдэҕэ, Маарга федеральнай суолга сырдатыы үлэтин ыытыы үлэтэ 2025-26 сс. былааннанан турарын эттилэр.
Лена Петрова
@gazetanyurba
@ulusmedia
Оставить сообщение: