Ытыктабыллаах аҕалар! Күндү ийэлэр!
14:02
20.10.2024
Ытыктабыллаах аҕалар! Күндү ийэлэр!
Эһигини Арассыыйаҕа - Аҕа күнүнэн уонна Саха сиригэр - Ийэ күннэринэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Саамай чугас уонна күндү дьоҥҥо аналлаах күн бииргэ алтыһар. Аҕа - дьиэ кэргэн, дьиэ кэргэни олох кыһалҕаларыттан көмүскүүр, мэлдьи өйүүр уонна көмөлөһөр илиитин уунар чугас киһи. Аҕа буолуу улахан үөрүү эрэ буолбатах, улахан эппиэтинэс эмиэ буолар. Аҕаларга муударай настаабынньык, оҕолорго үтүөкэн холобур уонна бастыҥ доҕор, дьиэ кэргэттэргэ эрэллээх эркин уонна көмүскэл буолалларыгар баҕарабын.
Биһиги бары күн-күбэй ийэ истиҥ тапталыгар угуттанан, кини эмиийин үүтүнэн эмсэхтэнэн, кини кыһамньытын билэн улааппыппыт. Ийэ истиҥ-иһирэх таптала эһээхэй оҕо эрдэхпититтэн биһигини харыстыыр, олох араас устуктарын туоруурга, эрэллээх уонна ситиһиилээх буоларга көмөлөһөр. Биһиги хас саастаахпытыттан тутулуга суох, ийэ үтүө тыла, кини таптыыр көрүүтэ, муударай сүбэтэ оҕоҕо да, улахан дьоҥҥо да наадалаах. Ийэ күнэ - ийэҕэ дириҥ ытыктабылы уонна тапталы биллэрии эрэ буолбакка, эһиги уопсастыбаҕа улахан оруолгутун билинии буолар.
Күндү ийэлэр уонна аҕалар! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уйгулаах уһун олоҕу, дьолу-соргуну, үгүс үөрүүнү-көтүүнү, табыллыыны уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
«Ньурба улууһа» МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.