
Бүгүн Норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр улууспут 200 сылыгар анаммыт Түмүк нэһилиэгин историятын кэпсиир быыстапка арылынна.

Тэрээһини Маардааҕы "Алаһа" НАК үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар, "Алгыс" эбээлэр түмсүүлэрэ кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, саламаатынан күндүлээтилэр. Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Семенов, Ньурба куорат баһылыгын солбуйааччыта Изамира Семенова, култуура департаменыттан Дора Бурнашева эҕэрдэлээтилэр.

Нэһилиэк иһинэн үлэлиир оскуола, техникум, уһуйаан, кулууп үлэлэрин билиһиннэрдилэр, ытык дьон Анна Абишева, Ксенофонт Васильев историяттан быһа тардан кэпсээтилэр. Төрөөбүт түөлбэ туһунан олохтоох дьоммут тылларыгар, мелодияларыгар элбэх ырыа ылланна.

Талба талааннаахтар быыстапкалара турда, Аҕа дойду сэриитин кэпсиир, Маартан СВО-ҕа сылдьар уолаттарга анаммыт стендэ оҥоһуллубут.
Быыстапка биир нэдиэлэ туруоҕа. Кэлэн көрүҥ, нэһилиэк историятын билсиҥ.

Лена Петрова
@gazetanyurba
@ulusmedia