
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар уонна Ийэлэр күннэригэр анаан алтынньы 24 күнүгэр Малдьаҕар нэһилиэгин Никииппэр Сэмиэнэп аатынан норуот айымньытын киинигэр «Төрүккүн билиэҥ-төлкөҕүн түстүөҥ!» диэн ааттаан дьиэ кэргэн төрүччүтүн билиигэ күрэх буолла.
Күрэххэ барыта биэс дьиэ кэргэн олус кыһаллан, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ олус үөртэ, көрөөччү интэриэһин көбүттэ. Хас биирдии оҕо, ийэ, эбээ төрүччүтүн, аймахтарын туһунан билээри элбэх чинчийии үлэтин ыыппыттара өтө көстөр.

Бу туһунан Елена Иванова суруйуутун хаһыат сайтыгар ааҕыҥ.
@gazetanyurba
@ulusmedia