Ньурба улууһун Уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэннэрэ мустан, быйылгы үлэлэрин торумнаатылар, эбии этиилэри иһиттилэр,
08:59
24.01.2025
Ньурба улууһун Уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэннэрэ мустан, быйылгы үлэлэрин торумнаатылар, эбии этиилэри иһиттилэр, былааннарын ырытыстылар. Уопсастыбаннай сэбиэт сорох чилиэннэрэ үлэлиир болдьохторо бүтэн, Сэбиэт састаабыгар уларыйыы киирдэ. Онон Сэбиэт үлэтэ сэргэхсийэрэ, саҥа хамсааһын тахсара күүтүллэр.
Уопсастыбаннай Сэбиэт чилиэннэрэ 3 хайысханан арахсан үлэлэрин саҕалаатылар. Ол иһигэр бастакы хайысха социальнай хабааннаах, манна киирэллэр: үөрэх, доруобуйа харыстабыла, култуура эйгэтэ, СВО, быраап уонна уопсастыбаннай бэрээдэк, үлэлээх буолуу, ыччат, спорт уо.д.а. 2-с хайысха - тыа хаһаайыстыбатын, землеустройствоны, экологияны, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыыны уонна 3-с хайысха урбаан, тутуу, тырааныспар, ОДьКХ, эргиэн эйгэлэрин хабар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.