В.Н. Ефремов аатынан боксаҕа республикатааҕы Первенствоҕа бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар
05:19
31.01.2025
В.Н. Ефремов аатынан боксаҕа республикатааҕы Первенствоҕа бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар
2011-2012 с.т. уолаттарга биир дойдулаахпыт, ССРС норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара В.Н.Ефремов аатынан боксаҕа республикатааҕы Первенство тэрийэр хамыһыйатын сүбэ мунньаҕа ыытылынна
Маҥнайгы мунньахха көрүллүбүт тэрээһин чааһыгар боппуруостары дьүүллэһии ыытылынна.
Кэлбит спортсменнар, тренердэр Ньурбатааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа уонна Октябрьскай нэһилиэккэ баар спортивнай интернакка түһүөхтэрэ. Күрэх үөрүүлээх аһыллыытын, түмүктүүр чааһын Ньурба куоратын "Кыталык" КД тэрийсэн ыытыа.
Биһиги бу курдук үрдүк ситиһиилээх дьоммут аатын ааттатан, кинилэр ситиһиилэрин кэлэр кэнчээри ыччакка сырдатан, холобур оҥосто улааталларыгар биир дойдулаахтара хайаан да үйэтитии үлэ ыытыахтаахпыт. Виктор Ефремов биһиги киэҥ туттар, бокса көрүҥэр туһунан ааттаах-суоллаах, үрдүк ситиһиини ситиспит биир дойдулаахпыт, чулуу спортсмен буолар.
@novostisportanrb
#спорт
#бокс
#республиканскоепервенство