Рекламный баннер 990x90px header-top
Валюта Дата знач. изм.
USD 01.08 79.46 0.4
EUR 01.08 91.19 0.31

БАЛАҔАН ЫЙЫН 12 КҮНҮГЭР НЬУРБА 3-С N-ДЭЭХ АЛЫН СҮҺҮӨХ ОСКУОЛАТЫГАР СААХЫМАТ КЫЛААҺА АРЫЛЫННА

01:54 13.09.2023
f09f93a3.pngf09f93a3.pngf09f93a3.pngБАЛАҔАН ЫЙЫН 12 КҮНҮГЭР НЬУРБА 3-С N-ДЭЭХ АЛЫН СҮҺҮӨХ ОСКУОЛАТЫГАР СААХЫМАТ КЫЛААҺА АРЫЛЫННАf09fa5b3.pnge2999f.png

Билигин тʏргэнник, тэтимнээхтик сайдар олох кэмигэр саахымат оонньуута оҕо интеллектуальнай ѳйѳ-санаата сайдарыгар, тобуллаҕас ѳйдѳѳх буоларыгар, элбэх туһалаах хаачыстыбалары иҥэринэригэр улахан кѳмѳлѳѳх. Ол иһин биһиги улууспутугар оҕолор ортолоругар саахымат оонньуутун сайыннарыыга ураты болҕомто уурулларын кэм-кэрдии ирдиир. Ол курдук, биһиги Ньурба 3-с №-дээх алын сʏһʏѳх оскуолабытыгар 1б кылааска саахымат кылааһа арыллыытыгар дириэктэрбит Петр Петрович Кузьмин эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Ол кэннэ бэйэтин итии истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ Ньурба оройуонун аҕа баһылыгын солбуйааччыта, саахымат федерациятын салайааччыта Эдуард Николаевич Мярикянов уонна кыра сэмэй бэлэх туттарда. Салҕыы тылы Ньурба куораппыт а5а баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев ʏѳрʏʏлээх быһыыга-майгыга бэйэтин бэлэхтэрин туттарда. Оройуоннааҕы Yѳрэҕирии салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Лена Мартыновна Котоконова эҕэрдэ тылларын эттэ. Бʏгʏҥҥʏ ʏтʏѳ кʏҥҥэ оскуолабытыгар саахымат кылааһа арыллыытыгар кʏʏс кѳмѳ буолбут меценатпыт Степан Викторович Осипов бэлиэ кʏнʏнэн эҕэрдэлээтэ. Арыллыыга оҕолорбут саахымат туһунан хоһоон эттилэр, ʏҥкʏʏлээтилэр. Саахымат кылааһыгар учууталынан ананна саахыматы ѳрѳ тутар, Ньурба оройуонугар биллэр шахматист Иванов Геннадий Игнатьевич. Ѳссѳ биир саамай кʏндʏ ыалдьытынан буолла Семенов Валерий Федорович, Ньурба оройуонун биир биллэр шахматиһа. Тʏмʏгэр, оҕолор улахан дьону кытта оонньоон кѳрдʏлэр.

Э.Г.Гагарина, дириэктэри иитэр-ʏѳрэтэр ʏлэҕэ солбуйааччы.

3713
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Полезные ресурсы
Рекламный баннер 728x90px center-bottom