Ньурба оройуонун дьаһалтатын, оройуон дьокутааттарын Сүбэтин уонна тус бэйэбит ааппытыттан бөлүүн буолбут иэдээннээх баһаарга былдьаммыт ыал чугас дьонноругар,...
05:21
28.01.2026
Ньурба оройуонун дьаһалтатын, оройуон дьокутааттарын Сүбэтин уонна тус бэйэбит ааппытыттан бөлүүн буолбут иэдээннээх баһаарга былдьаммыт ыал чугас дьонноругар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Кэскиллээх кэнчээри ыччаты, бүтүн ыалы сүтэрии – улууспутугар олус хараастыылаах уонна хомолтолоох. Бу олус ыар сүтүгү ханнык даҕаны киһи өйө-санаата ылыммат.
Бука диэн кытаатан тулуйуҥ, эһиги аһыыгытын тэҥҥэ үлллэстэбит, ыарахан кэми аһарарга улахан тулууру уонна кытаанах бигэ санааны.
Бу күнтэн саҕалаан Ньурба оройуонугар 3 күннээх кутурҕан биллэриллэр.
«Ньурба оройуона» МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.
«Ньурба оройуона» МО дьокутааттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Н.М.МИХАЙЛОВА.
Оставить сообщение: