Рекламный баннер 990x90px header-top
Валюта Дата знач. изм.
USD 02.08 79.46 0.4
EUR 02.08 91.19 0.31

Станислав Степанов-Хотоҕос «ДЬИИКИМДЭБЭР, ЭЙИЭХЭ» бастакы кинигэтэ...

04:35 13.02.2026
Станислав Степанов-Хотоҕос «ДЬИИКИМДЭБЭР, ЭЙИЭХЭ» бастакы кинигэтэ сүрэхтэннэ

Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин иһинэн үлэлиир киэҥ историялаах «Ньурба уоттарын» быйылгы 55 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылыгар Дьиикимдэттэн хоһоонньуппут Станислав Степанов-Хотоҕос 200 ахсаанынан тахсыбыт «ДЬИИКИМДЭБЭР,ЭЙИЭХЭ» бастакы кинигэтэ тахсан өрөгөй үөрүүнү хоточчу көтөҕөн киллэрдэ.Стани
слав Степанов-Хотоҕос, саха киһитэ ханна да тиийдэр, төһө да киэҥ сиринэн тэлэһийдэр, киниэхэ төрөөбүт дойдутуттан ордук кэрэ, күндү, чугас туох дасуоҕун, кута-сүрэ төрүт түөлбэтигэр мэлдьи тардыһарын сылаас, истиҥ тылларынан хоһуйбут хоһоонноро түмүллэн бастакы кинигэтэ күн сирин көрбүтүн, бар дьоҥҥо тиийэр, иһиллэр, ааҕыллар кыахтаммытын бэлиэтиир биһирэмэ дойдутугар Дьиикимдэҕэ олунньу 12 күнүгэр буолла. Ньурбалар бастакы суруйааччыбыт, тумус туттар киһибит Степан Федотов дойдута Дьиикимдэ өссө биир талааннаах, айар-суруйар эр хоһуунунан эбиллибитэ биһиэхэ,ньурбаларга олус суолталаах.

Дьиикимдэ Дьөттүнэ Ньурба сирин эрэ буолбакка бүтүн Саха сирин айар дьонун, суруйааччыларын түмэр сирбит буолар.

СТЕПАН Федотов кэнниттэн 90 сыл буолан баран Дьиикимдэҕэ СТЕПАНОВ Станислав аата тахсыбытын дойдутун дьоно-сэргэтэ, Ньурба сирин литератураҕа сүгүрүйээччилэрэ, айар-суруйар дьоммут-сэргэбит уруйдуу көрүстүбүт.

Сиһилии манна ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/stanislav-stepanov-hoto%d2%95os-diikimdeber-ejiehe-bastaky-kinigete-s%d2%afrehtenne
46
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Полезные ресурсы
Рекламный баннер 728x90px center-bottom