2023-2027 - Саха сиригэр А.Е.Кулаковскай сыллара.
04:28
16.03.2026
2023-2027 - Саха сиригэр А.Е.Кулаковскай сыллара.
️Кулун тутар ый- Ньурбатааҕы бибилэтиэкэ ситимигэр Өксөкүлээх Өлөксөй ыйа
2022 сыллаахха, Өксөкүлээх Өлөксөй 145 сылыгар Хаҥалас улууһугар сахабыт сирин салалтата, өркөн өйдөөхтөрө түмсэн улахан симпозиум буолбута.
Бу түмсүү түмүгүнэн А.Е. Кулаковскай биэс сыла биллэрбитэ. Сонно Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ А. В. Багмет, Кулун тутар ый-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт ыйа- Ньурба бибилэтиэкэтин ситимигэр - А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй ыйынан- биллэриллэрин туһунан бирикээһэ тахсыбыта
Биэс сыллаах үлэ былаанын ылынан төрдүс сылын бибилэтиэкэ кулун тутар ыйга саха омук инники дьылҕатын өтө көрөн үлэлэрин хаалларбыт бөлүһүөк, саха литературатын төрүттээбит суруйааччы олоҕун, айымньыларын, үлэлэрин үөрэтиигэ үлэ ситимнээхтик барар.
Сиһилии бибилэтиэкэ аан ситимигэр ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/2023-2027-saha-siriger-a-e-kulakovskaj-syllara
Оставить сообщение: