«Дьиэ кэргэнинэн сахалыы остуол оонньууларын оонньуохха»
08:06
20.04.2026
«Дьиэ кэргэнинэн сахалыы остуол оонньууларын оонньуохха»
Мэҥэдьэккэ олохтоох библиотека уонна уһуйаан көҕүлээһининэн олус сэргэх тэрээһин буолан ааста. Төрөппүттэр, эбээлэр, эһээлэр оҕолорунуун 7 түһүмэхтээх сахалыы оонньууларга күрэхтэстилэр.
Ол курдук, «Алаадьыга» Ксенофонтова А.И. кыыһынаан,
«Ыллыкка» Егоровтар,
«Өлүөнэ очуостарыгар» Данил Анисимов эһэтинээн бастаатылар. «Ойбоҥҥо» Алгыс Тихонов эбээтинээн,
«Ньурба улууһа» пазлга Даниловтар,
«Тэлээриккэ» С.И. Анисимов сиэнинээн,
«Түргэн кубка» Кириллиннэр саамай түргэн буоллулар.
Түмүккэ кыайыылаахтар:
I үрдэл: Алгыс Тихонов эбээтинээн Светлана Ивановналыын;
II үрдэл: Эвелина, Маргарита Кириллиттэр;
III үрдэл: Айтал, Вероника Егоровтар.
Кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ барҕа махтал! Оҕо туһугар бириэмэни туһалаахтык атаарыы – кэскиллээх дьыала.
Сиһилии информацияны сайтпытыттан ааҕыаххытын сөп! https://lib.nrbr.ru/die-kergeninen-sahalyy-ostuol-oonnuularyn-oonnuohha-byrajyak