Эйэлээх олоҕу уһансан кэлбит
04:26
23.06.2026
Эйэлээх олоҕу уһансан кэлбит
Буойун аата өлбөт-сүппэт,
Дьоллоох олохпут ситимэ – эйэ
Дойдуну сайдыыга сирдиэҕэ!
Бэс ыйын 22 күнэ - бу күн Арассыыйа үрдүнэн -Кутурҕан уонна кэриэстэбил күнэ. 1941 сыллаахха, бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскайГермания уоттаах сэриинэн туох да сэрэтиитэ суох биһиги дойдубутугар эмискэ саба түспүтэ. Ол кэмтэн 85 сыл ааста.
Төһөлөөх Эдэр ыччат эдэр саастарынбилбэккэ ,тапталларын көрсүбэккэ сэрии толоонугар охтубуттара буолуой?!
Бэс ыйын 22 күнүгэр Ньурбатааҕы кииннэбит библиотека үлэһиттэрэ уонна "Ньурба уоттарын" чилиэнэ, баянист Тимофей Егорович Шестаков -Чоххуруос В.А.Петрова аатынан Кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыалдьыттаатылар.
Мустан олорор аҕа саастаах көлүөнэҕэ Егор Михайлович Поликарпов аҕа дойду сэриитигэр анаан айбыт мелодияларын - «Дьиҥнээх герой - өлбөт герой» (К.Уткин тыллара, Е.Поликарпов мелодията), “Мин саллаат уолабын” (П.Тобуруокап тыллара, Е. Поликарпов мелодията), “Өлбөттөр, сүрэххэ тыыннаахтар” (М. Куличкина тыллара, Е. Поликарпов мелодията) - Шестаков Т.И. - Чоххуруос баяҥҥа оонньоон иһитиннэрдэ.
Сиһилии манна ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/ejeleeh-olo%d2%95u-u%d2%bbansan-kelbit
Оставить сообщение: