️️️️️️️️️️️
05:14
10.11.2026
️️️️️️️️️️️
,,Ньурба уоттара” айар түмсүү тэриллибитэ 55 сылыгар аналлаах “КҮӨХ НЬУРБА, ЭН ААККАР...” улахан кэнсиэрткэ бар дьоммутун ыҥырабыт.
Ыалдьыппыт - саҥа аат, хоһоонньут, матыыб айааччы СУОР СУРУК.
️Кэнсиэрт иннинэ айар-суруйар талааннаахтары кытта көрсүһүү, автограф-сессия ыытыллар.
Бу эрэ күн эһиги сэргээн ааҕар суруйааччыларгыт, ааптардаргыт кинигэлэрин атыылаһыаххытын эбэтэр эрдэ ылбыт кинигэлэргитин илдьэ кэлэн, автограф туруортаран бэйэҕитигэр бэлэх оҥостор түгэни мүччү тутумаҥ.
Эһигини күүтэллэр:
️Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ:
Дьолуолаах, Айыына, Сахса Тар, Суһум, Айаалла уонна кинигэлээх ааптардар Сарыада, Чоххуруос, Уйусхаан, Байбал Салҕааһын, Дьэргэстэй кыыһа, Таисия Антоновка, Хорула Балбаара уо.д.а'
️Сэтинньи 27 күнүгэр "Кыталык" КД күнүс ТҮӨРТ (16:00 )чаастан саҕаланар Ньурба уус литературатыгар бэлиэ хаалларар дьоһун түгэни көтүтүмэҥ.
️Киирии билиэт сыаната 700 солкуобай.
Ньурбабыт айар-суруйар-матыыб айар- ыллыыр талааннаахтара эһигини долгуйа күүтэбит.