Рекламный баннер 990x90px header-top
Валюта Дата знач. изм.
▼ USD 17.11 82.45 0.06
▼ EUR 17.11 90.81 0.38

«Алаас уола Алампа» уус-уран киэһэ

09:06 16.11.2026
«Алаас уола Алампа» уус-уран киэһэ

Сэтинньи 13 күнүгэр Маалыкайга Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах бэйиэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах «Алаас уола Алампа» диэн дириҥ ис хоһоонноох уус-уран киэһэ буолан ааста.
Тэрээһин саҕаланыытыгар мустубут дьоҥҥо Алампа олоҕун, ыарахан дьылҕатын уонна киэҥ хабааннаах айар үлэтин туһунан сиһилии сырдатар презентация көрдөрүлүннэ. Көрөөччүлэр суруйааччы олорон ааспыт кэрдиис кэмнэрин, айымньыларын суолтатын өссө төгүл өйдөөн-санаан аастылар.

Киэһэ биир саамай долгутуулаах түгэнинэн суруйааччы олоҕор ураты суолу хаалларбыт бастакы уонна соҕотох тапталын — Евдокия Яковлева туһунан ахтыы буолла. Бу истиҥ, иһирэх кэпсээни Вера Григорьевна Соловьева олус кэрэхсэбиллээхтик уонна итэҕэтиилээхтик тириэрдэн, мустубут дьон болҕомтотун тарта.

Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/alaas-uola-alampa-uus-uran-kie%d2%bbe
8
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Полезные ресурсы
Рекламный баннер 728x90px center-bottom