Рекламный баннер 990x90px header-top
Валюта Дата знач. изм.
▲ USD 21.11 82.19 0.26
▲ EUR 21.11 90.34 0.48

«ИДЭМ олоҕум илгэтэ» оройуоннай күрэх

10:45 21.11.2026
«ИДЭМ олоҕум илгэтэ» оройуоннай күрэх

Сэтинньи 20 күнүгэр Чаҕыл уоттаах Чаппанда нэһилиэгэр Арассыыйаҕа норуот сомо5олоһуутун , Саха сиригэр Култуура сылынан, Уһулуччулаах судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна профсоюзнай диэйэтэл,, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ Степан Васильевич Васильев төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан ыытыллыбыт «ИДЭМ олоҕум илгэтэ»
идэлээх эдэр дьон үлэһиттэр ХХII-с төгүлүн ыытыллар оройуоннай күрэхтэрэ буолан ааста.

Күрэх сыала-соруга эдэр идэлээх үлэһиттэри киэҥ араҥаҕа таһаарыы, көҕүлээһин, сөптөөх болҕомтону ууруу, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу олуктарын олохтооһун, дойду киэҥ туттар дьоннорун ытыктааһын, ааттарын үйэтитии. Күрэххэ 20 саастарыттан үөһэ саастаах үөрэхтээх үлэһит дьон кытыннылар.

Ньурба оройуонун Ньурба куоратыттан- 7, Маалыкайтан-3, Чуукаартан — 2, Өҥөлдьө, Малдьа5ар нэһилиэктэриттэн барыта 14 кыттааччылар кэлэн күрэхтэстилэр.

Күрэх са5аланыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Василий Михайлович Егоров күрэх кыттааччыларыгар онлайн быһа эфиринэн э5эрдэтин тириэртэ, ситиһиилэри ба5арда.

Сиhилии бу сигэнэн ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/idem-olo%d2%95um-ilgeteorojuonnaj-k%d2%afreh
5
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 728x90px center-bottom