Рекламный баннер 990x90px header-top
Валюта Дата знач. изм.
▲ USD 21.11 82.19 0.26
▲ EUR 21.11 90.34 0.48

“Уоланнар ааҕыылара

10:09 21.11.2026
“Уоланнар ааҕыылара

Сэтинньи 20 күнүгэр «САХА САНААТЫН САЙМЫЫР СААРЫН — АЛАМПА» диэн сылын аайы ыытыллар Маалыкай уокуругун алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Уоланнар ааҕыылара” буолан ааста.  Быйылгы күрэхпит Саха уус-уран литературатын төрүттэспит суруйааччылартан биирдэстэрэ, поэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар ананна.  Тэрээһин иннигэр Алампа оҕо сааһын эрэйдээх, уустук олоҕун туһунан оҕолорго презентациялаах билиһиннэрии оҥоһулунна. Уоланнарга үһүс кылаас кыргыттара норуот уус-уран айымньытынан попуррилаан (хомустаан, чабырҕахтаан, дэгэрэҥ ыллаан) эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Бу күрэххэ барыта 11 оҕо Маалыкай, Чуукаар, Малдьаҕар осколаларыттан кытыннылар. Ол иһигэр 5 оҕо - 3 кылаас, 6 оҕо – 4 кылаас үөрэнээччилэрэ Алампа хоһоонноруттан олус бэркэ кыһаллан аахтылар. Күрэҕи сыаналаатылар: В. И. Максимов аатынан Малдьаҕар орто оскуолатын директора Артем Семенович Кириллин; РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, алын кылаас учууталынан өр сылларга үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ - Юлия Семеновна Дьячковская. Малдьаҕардааҕы «Чуораанчык» оҕону сайыннарар киин үрдүк категориялаах иитээччитэ – Ньургуйана Николаевна Попова. Оҕолор бары олус бэркэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр: таҥастара-саптара, тутталлара-хапталлара, саҥалара-иҥэлэрэ барыта хоһоонноругар дьүөрэлиир.

Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/uolannar-aa%d2%95yylara
5
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 728x90px center-bottom