Рекламный баннер 990x90px header-top
Валюта Дата знач. изм.
▲ USD 26.11 82.31 0.14
▲ EUR 26.11 90.24 0.36

Олоҥхо күнүгэр Сельтюкова А.Р.

02:55 26.11.2026
Олоҥхо күнүгэр Сельтюкова А.Р. - Айаалла "Күн сирин көмүскэлэ Үс ини бии бухатыыр" олоҥхотугар туруоруу

Сэтинньи 25 күнүгэр Нюрба улууһун Маанылаах Маарыгар "Алгыс" норуот айымньытын киинигэр Олоҥхо күндү дорҕооно ньиргийдэ.

Олоҥхо күнүгэр Алла Сельтюкова - Айаалла "Күн сирин көмүскэлэ Үс ини бии бухатыыр" олоҥхотугар туруорууну астына-дуоһуйа көрдүбүт.

Туруорааччы режиссер- ансаамбыл салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Саргылана Петровна Федорова.
“Дьөңкүүдэ кыталыктарын” уонна кинилэр салайааччыларын кытта сайын дойдубар Хорулаҕа Эбээм Марфа Фомична аатыгар ыытыллыбыт айар күрэххэ билсибиппит уонна ол кэмтэн сибээспитин быспакка алтыһабыт,көрсөбүт. Олоҥхо туруораары сылдьарын истэн, хайаан да туруоруутун көрүөхтээхпин диэн Ньурбам уоттарын кытта тахсыстым. Испиктээк иннигэр кэлбит ыалдьыттар Абишева Анна Прокопьевна "Ыллык" түмсүү актыыбынай кыттааччытын сылаас алаадьытын амсайан, олус диэн дуоһуйдубут.

Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ
️️️
https://lib.nrbr.ru/olo%d2%a5ho-k%d2%afn%d2%afger-seltyukova-a-r-ajaalla-k%d2%afn-sirin-k%d3%a9m%d2%afskele-%d2%afs-ini-bii-buhatyyr-olo%d2%a5hotugar-turuoruu
8
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 728x90px center-bottom